Page 134 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 134

118                                                                  П. В. ОГОТОЕВ










                             Кумалана тоҕуннулар.
                             Көй салгыны көҥү дайбаан,
                    3950     Күлүмэхтик көтөн күүгүнээн
                             Көрүөх бэтэрээ өттүгэр
                             Көстүбэт буола оҕуста...


                             Эһэ Хара аттаах
                             Элэс Боотур:
                             «Маҕай аллаахтар
                            Айан киһитин аралдьыттылар», — диэн
                            Абара санаан,
                             Суол киһитэ
                             Суолун тобулаары,
                    3960    Айан киһитэ
                            Айанын тэлээри,
                            Аналлаах атын,
                             Соргулаах соноҕоһун
                             Итии-куйаас тыыннаах
                             Илгэ-быйаҥ эркиннээх
                             Эҕэрдэлээх илин халлаан
                             Иитин анна
                             Саманан буолаарай диэн
                             Салайа баттаат,
                    3970     Сэттэ уон сэттэ
                             Силлиэ-боллоо сирдьиттэнэн,
                            Аҕыс уон аҕыс
                            Аан халарык аргыстанан,
                            Тоҕус уон тоҕус
                            Дохсун буурҕа доҕордонон,
                            Ыастаах кустук оноҕос курдук
                            Ыйылыы көтүтэн,
                            Түүлээх ох курдук
                            Түргэнник түһэн,
                    3980    Илин өттүгэр
                            Иккилээх оҕо саҕа
                            Илбис кыыһын
                            Илэ иэритэн,
                            Кэлин өттүгэр
                            Түөртээх оҕо саҕа
                            Кэнтик төрдүн
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139