Page 137 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 137

)JI)C БООТУР                                                                       121










                                                Күүрээннээхтик айаннаан,
                                                Көтөр кынаттаах
                                                Үстэ сымыыттаан,
                                                Үстэ сааран тиийэр,
                                       4070     Сүүрэр атахтаах
                                                Тоҕуста тугуттаан,
                                                Тоҕоон-тохтоон тиийэр
                                                Тэгил дойду
                                                Түгэҕэр тэбилиннэ.
                                                Сынньана түһээри
                                                Сис оройугар
                                                Толуу төҥүргэс таһыгар
                                                Тохтуу биэрдэ.
                                                Өйдөөн көрбүтэ —
                                       4080     Үөлэс үүтэ эбит,
                                                Төҥүргэс көҥдөйүнэн
                                                Күөх торҕо буруо
                                                Бур-бур бургучуйан
                                                Буруолаан буккуруур,
                                                Ботур-итир кэпсэтэр саҥа
                                                Бу баар курдук иһиллэр.
                                                Истиҥ кэпсэтиини
                                                Иһиллээн иһийдэ,
                                                Иһирдьэ эмээхсиннээх оҕонньор
                                       4090     Ис сүрэхтэриттэн иэйэн
                                                Был ыргыл арын - бил иҥҥил эрин,
                                                Ааспыттарын - аныгыл арын
                                                Ахтыһа- ахтыһа
                                                Астык баҕайытык
                                                Аһыы олороллор эбит.
                                                Үөлэс үүтүнэн
                                                Өҥөйөн көрбүтэ:
                                                Көп түүлээх
                                                Күөх тииҥ
                                       4100     Уорҕата сонноох,
                                                Өрөһөтө ыстааннаах,
                                                Кэлин тыһа этэрбэстээх,
                                                Илин тыһа үтүлүктээх,
                                                Тииҥ баттаҕа бэргэһэлээх,
                                                Быччаччы көрбүт
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142