Page 18 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 18
Илбистээх тыллаах
Иэгэйэр икки атахтаахха
Иирсээн элбии илигинэ —
Улаҕата биллибэт
Улуу халлаан үрүттээх,
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Айгыр силик
50 Алыгыр-налыгыр
Аан Ийэ дойду
Ананан айыллан,
Айгыстан, аатыран
Аҥаарыйан турарын
Аламай күн
Атылыыта буолбут
Алтан тиэрбэс хараҕынан
Адыылаан анааран
Арылыччы көрөн турдахха:
60 Баттыалаатар маталдьыйбат
Баараҕай таһаалаах,
Кэбиэлээтэр кэдэлдьийбэт
Кэтит киэлилээх,
Үктүөлээтэр өҕүллэҥнээбэт
Үрдүк мындаалаах,
Охтон баранар мастаах,
Уолан бүтэр уулаах,
Уостан сүтэр уйгулаах,
Ойон тахсар
70 Уоттаах күннээх,
Ойоҕолоон устар
Улуу тунал ыйдаах,
Сытар хайа сындыыстаах,
Суорба хайа тулааһыннаах,
Буор хайа модьоҕолоох,
Таас хайа дьайыҥнаах,
Будулуйар муора муннуктаах,
Аллар байҕал алыннаах,
Түллэр муора түгэхтээх,
80 Умайар уот ортолоох,

