Page 19 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 19

II ЬООТУР                                                                       1 7









                                                Өрүкүйэр буор үрүттээх,
                                                Күөх сирэм кырыстаах,
                                                Күөх унаар урсуннаах,
                                                Орто түһүлгэ дойдуга —
                                                Дьол-соргу
                                                Дьоһуннаах туонатыгар,
                                                Уйгу-быһаҥ
                                                Олохтоох уйатыгар
                                                Олус да үтүө сирдэр
                                          90 Баар буолаллар эбит ээ диэн
                                                Барыйан көрдөххө:
                                                Сэттэ уон сэттэ
                                                Сирэм үрэхтэр
                                                Сиэттиһэн сиэлэн-хааман
                                                Дьигиһийэн киирэн
                                                Сир гиэнин
                                                Сиэдэрэйэ буолан
                                                Ситэн-хотон
                                                Силигилээн, сириэдийэн;
                                         100 Аҕыс уон аҕыс
                                                Аҥаат-муҥаат
                                                Аҥаарыма үрэхтэр
                                                Аргыстаһан айманыһан киирэн
                                                Алаас гиэнин
                                                Ааттааҕа буолан
                                                Айгыстан, аҥаарыйан;
                                                Тоҕус уон тоҕус
                                                Дохсун үрэхтэр
                                                Тоҕу ааҥнаан
                                         110 Куугунаан киирэн
                                                Дойду гиэнин
                                                Долгуруута буолан
                                                Туругуран, тупсан
                                                Түмүллэр туймууларыгар
                                                Төгүрүмтэтэ түөрт уон көстөөх
                                                Туймаарытта эбэ хотун диэн
                                                Холуохха холооннооҕо суох
                                                Холуон үтүө дойду
                                                Үс күннүктээх сиртэн
                                         120 Өрүөллээх харчы саҕа буолан
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24