Page 30 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 30

2 8                                                                   П. В. ОГОТОЕВ









                                 Үөтэ олорор
                                 Өтөн кыыллаах.
                                 Кэнники сэргэтэ
                                 Кэрэ бэйэлээх
                                 Кэрэниис ойуулаах,
                                 Кэпсээн кэҕийэ олорор
                                  Кэҕэ кыыллаах.
                                  Киэҥ тиэргэн
                                 Кэтэх өттүн
                          530 Кэриччи көрдөххө:
                                  Күөйэр-хаайар
                                  Күөкэримэ күрүөлээх,
                                 Далбардыыр-аһатар
                                 Дьаллаарыкы даллаах,
                                  Кистиир-кичимэлиир
                                  Кыакарыма кыбыылаах эбит.
                                  Хонуу өттүн холбуйа көрдөххө:
                                  Куобахтыы оонньуур
                                  Холбороҥ маҥан хонуулаах,
                          540 Кылыйан кыыралдьытар
                                  Кылбараҥ маҥан кырдаллаах,
                                  Ыстаҥалаан ыллаҥнатар
                                  Ыраас хонуулаах,
                                  Сүүрэр-көтөр
                                  Сүдү сыһыылаах,
                                  Суунар - сөтүөл ү үр
                                  Сүҥкэн далайдаах эбит.
                                  Хайдах дьиэлээх-уоттаах дьон
                                  Сүҥкэн олоҕу сүрүннүү,
                           550 Огдолуйбат олоҕу
                                  Олороллор эбит диэн
                                  Көпсө ат сылгы
                                  Көлөһүн аллыар диэри
                                  Көбө-саба сүүрэн тиийэр
                                  Күндүл мае күүлэлэригэр
                                  Көтөн түһэн,
                                  Сэтинньи ый
                                  Сэттэ саҥатыттан
                                  Сэттэ эргэтигэр диэри
                           560 Сэттэ уон сэттэ
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35