Page 29 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 29

Күлүмүрдээн көстөр эбит.
                                               Ол улуу уорук
                                               Уҥа өттүгэр
                                               Ойоҕолуу туран
                                               Одуулаан көрдөххө:
                                               Сэлиик ат
                                               Сэттэ күннээх сири
                                               Сиэлэн-сэгэйэн
                                               Сиксигэр тиийбэтэх
                                              Чэҥи сыһыарбат
                                              Чэлгиэннээх чигдилээх,
                                              Дьоруо ат
                                              Тоҕус күннүктээх сири
                                              Тохтоло суох түһэн
                                              Тоҥуутун булбатах,
                                              Тобураҕы-толону тохтоппот,
                                              Туллук чыычаах тура тирэммэт
                                              Тунал маҥан
                                              Тусаһалаах эбит.
                                              Ол дьолуо маҥан тусаһа
                                              Туналыйар туһахтатыгар,
                                              Ол кэтит чэлгиэн чигди
                                              Килэдийэр киинигэр
                                              Сөҥ саҥалаах,
                                              Сүгэ-балта тыллаах
                                              Сүҥ дьааһыннар,
                                              Сүдү бэйэлээхтэр
                                              Сүҥкэн олоҕу сүрүннүү
                                              Сөҥөдүһэн туралларын курдук
                                              Үс толуу бэйэлээх
                                              Тойон сэргэлэр
                                              Туруору анньыллан,
                                              Туоллан тураллар эбит.
                                              Бастыҥ сэргэтэ
                                              Баҕарахтыы ойуулаах,
                                              Баргыйа олорор
                                              Бар дьаҕыл кыыллаах.
                                              Орто сэргэтэ
                                              Ойута быһыы
                                              Оһуор ойуулаах,
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34