Page 27 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 27

Хайыттаҕас хатырыктаах,
                                             Хардастыгас лабаалаах,
                                             Хатыылаах көтөҕөлөөх,
                                             Хараҥа күлүктээх
                                             Харыйа тыа
                                             Харааран, көҕөрөн
                                             Көстөөх сиртэн
                                             Көстөр эбит.
                                             Ол анараа өттүгэр
                                      410    Адаархай лабаалаах
                                             Аһаҕас төбөлөөх
                                             Аҥаарыма тииттэр
                                             Арыаллаһа үүнэн
                                             Адаарыһан тураллар эбит.
                                             Ол кэтэх өттүгэр
                                             Тулларыттаҕас хатырыктаах,
                                             Лоһуор көмүс туорахтаах
                                             Томороон тииттэрдээх
                                             Киҥкир хара тыа
                                      420    Киҥкинээн киирэн барда.
                                             Холоруктаах хоту өттө
                                             Кундул-хаҥыл сылгылар
                                             Хаһыҥыраһа туралларын курдук
                                             Хоҥорой дьуорсун
                                             Тумуллардаах эбит.
                                             Ол үрүт өттүнэн
                                             Хотоҕор силистээх,
                                             Хоҥнорхой хатырыктаах,
                                             Куодалаах саастаах,
                                      430    Хоҥкугур төбөлөөх
                                             Хохудал хара тииттэр
                                             Хойдон киирэн бардылар.
                                             Ол түгэх өттүгэр
                                             Төптөрү силгиэхтээх,
                                             Түрдэстигэс саастаах
                                             Төҥкөҕөр тииттэрдээх
                                             Түбэ тыа буолан
                                             Түҥкэлийэн түһэ турда.
                                             Содуомнаах- суостуганнаах
                                      440    Соҕуруу өттүн
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32