Page 26 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 26
Дьиэрэҥкэй тэбэн
Дьэргэлдьиһэн иһэллэрин курдук
Хампа ньаассын сэбирдэхтээх
Хахыйах мастар
Ханыылаһан үүммүттэр.
Ол анараа өттүгэр
Хара умнастаах,
Хатыылаах лабаалаах,
Хатыгас сэбирдэхтээх
370 Хара ыарҕа
Харааран, халыйан барда.
Ол кэтэх өттүн
Кэриччи көрдөххө:
Киис кыыл кутуругун
Кэдирги туппут курдук,
Кэрэ бэйэлээх
Киистэтин кэппит
Күөх унаар тыа
Күөгэйэн киирэн барда.
380 Аргыардаах, анысханнаах
Алдьархайдаах арҕаа өттүн
Адыылаан анааран турдахха:
Аарыма атыыр оҕустар
Хааннааҕынан хаһылыччы көрбүтүнэн
Харсан лачыгыратыһа
Туралларын курдук
Адаар таас хайа
Арҕастаах эбит.
Ол үөһээ өттүн
390 Өрүһүйэ баттаан
Өрө көрөн таһаардахха:
Бэһиккэй эттээх,
Бэйбэриспит быһыылаах
Бэс мастардаах
Сэргэх көрүҥнээх
Сэндэҥэ тыа буолан
Сэндээрэн бара турда.
Ол анараа өттүн
Аһара баттаан
400 Анааран көрдөххө:

