Page 47 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 47

'ЭЛЭС БООТУР                                                                         4 5









                                                Үс хонукка кэтэһэн көрдө да,
                                                Киҥкиниир киэҥ халлаан
                                                Кэбэ-киэлитэ
                                        1200 Кыратык да уларыйбата,
                                                Киирэ сылдьыахтааҕар
                                                Өҥөйөн да көрбөтүлэр.
                                                Үс хонон баран
                                                Элэс Боотур обургу
                                                Хаһыытаатар хамнаабат
                                                Хараҥанан хаайар
                                                Хара бараан түүн
                                                Халбарыйан эрдэҕинэ
                                                Оронуттан уордайан
                                        1210 Ойон тураат,
                                                Таһырдьа тирк гынан хаалла.
                                                Тобураҕы тохтоппотох
                                                Дьулусханнаах дьолуо маҥан тусаһатын
                                                Туналыйар туһахтатыгар тахсан,
                                                Хассаары гыммыт
                                                Дуулаҕа атыыр оҕус курдук,
                                                Тууллан-туоллан туран,
                                                Тус хоту диэки туһаайан
                                                Томоонноох тойугу туойан
                                        1220 Дьоллоһута турда.


                                                  Элэс Боотур


                                                 «Көр бу! Көр бу!
                                                Айаҕымсаххытынан, адьырҕаҕытынан
                                                Аҥардастыы аатырбыт
                                                Арсан Дуолай аймаҕын
                                                Анаарыйар ааттаахтара,
                                                 Эһиги бэйэлээхтэр
                                                 Иҥсэҕитин искитигэр иҥэринэн
                                                 Баччааҥҥа диэри
                                                 Биирдэ да быга сорумматыгыт.
                                        1230 Мин диэтэх киһи
                                                 Үс күннүктээх сиртэн өҕүрҕэннээх
                                                 Тоҥ күөммүттэн толлон,
                                                 Кирдээх сирэйгитин
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52