Page 49 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 49

ЭЛЭС БООТУР                                                                          4 7









                                                Элэс Боотур


                                               «Дьиэ буо! Дьиэ буо!
                                               Уһун күн уонна уларыйар
                                               Уу долгун санаалаах,
                                               Уу-ньамаан саҥалаах,
                                               Уҕалдьы тыллаах,
                                       1280
                                               Улаан ньуурдаах,
                                               Уһаты уллуҥахтаах,
                                               Уу харахтаах,
                                               Уй истээх
                                               Урааҥхай удьуорун,
                                               Уһугунан дугуммут,
                                               Ортотунан курдаммыт,
                                               Уолутунан тыыммыт,
                                               Оройунан көрбүт
                                               Омун-төлөн урдустара,
                                       1290    Бэрт былдьаһымтыа бэдиктэрэ,
                                               Ат уйбат
                                               Албан-дьоһун ааккытынан ачыаһыран,
                                               Соноҕос сылгы
                                               Сүүрэн сиппэт
                                               Суон-модун сураххытынан суодуйан,
                                               Улахан бэйэлээхтэр буолан,
                                               Улаатымсыйан, улуутуйан,
                                               Киһи баар диэн кэлэн
                                               Кэс тылгытын кэпсээбэтигит.
                                               Кэлэйэн киэр хайыһан баран,
                                       1300    Кэлэр күннээх буоллаххытына,
                                               Кырбаан кулугур кулгаахтыам,
                                               Таһыйан тараах иэнниэм.
                                               Кэлэ да сорунумаҥ,
                                               Килбиэннээх сирэйгитин киртитиэм,
                                               Кэрэдэхтэр», — диэтэ
                                               Түмүллүбүт түмүк санаатын
                                               Таһыгар таһааран,
                                               Дьэ арыый уоскуйда,
                                               Уҥа оронугар киирэн
                                               Олорунан кэбистэ.
                                       1310    Ус балыстара

                                               Үһүөн иннигэр кэлэн
                                               Ытыы-ытыы
                                               Ыллыы турдулар.
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54