Page 50 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 50
к П. В. ОГОТОЕВ
Ye балыстар
«Сыы-ы-ый! Ы-ы-ы-ый!
Тойон убайбыат,
Туох кэбин кэбилэнниҥ ?
Тойон долуо сурэхпит
Долгуйдаҕҕын даа!
Хатан дьыбарга хаһыытаабытыҥ,
1320 Тыаллаахха тыбыырбытыҥ,
Саталаахха саҥарбытыҥ
Сэттээх-сэлээннээх буолара буолуо.
Үөһэттэн өҥөйүөхтэрэ,
Аллараттан күөрэйиэхтэрэ,
Орто дойдуттан ороһуйуохтара,
Уу-чуумпу олохпутун огдолутуохтара,
Уһун эрэйгэ ыытыахтара», — дэстилэр.
Убайдара обургу
Улахан бэйэлээҕи эттилэр диэн
1330 Уолуһуйа барбата,
Олорбутун курдук олордо.
Үөһээ-аллараа дойдуга
Үс төгүл
Үөгүлүү сатаан кэбистэ да,
Үрдүлэринэн үргүөр үргүйбэккэ
Үүт турааннык,
Анныларынан аргыар аргыйбакка
Ааттаах үчүгэйдик олордулар.
1340

