Page 154 - Олоҥхо биһигэр
P. 154

уот  ортотунан  аһаран,  хайаан  да  уруйдаах  олоххо  тиэрдэн  тэйэр!..
        Олоҥхо  омуна-төлөнө,  фантазията  олоҥхо  олох,  киһи туһунан  улуу
        идеята,  умуллубакка,  бу  биһиги  олорор  уйэбитигэр  диэри  тиийэн
        кэлбитэ  — барыбыт үөрүүбүт.  Норуот бэйэтин  үтүөтүн  үйэлэр туха-
        ры  илдьэ сылдьар.  Олоҥхоҕо  киһи  сөҕөрө,  үөрэрэ-көтөрө үгүс.  Мин
        Ойуунускай  биир  тылын  сөҕөбүн:  «Саха  олоҥхото  элбэх  үйэлээх,
        элбэх  омук  санааларын,  олохторун,  олоҥхолорун түммүт бэрт баай,
        бэрт  күүстээх  олоҥхо»,  —  диэн.  Ол  аата,  саха  олоҥхото-олоҥхолор
        олоҥхолоро  буолан  тахсар.  Маны  да  кэлиҥҥи  үөрэхтээхтэр  чахчы-
        тын дакаастаан таһаарыахтара.  «Саха олоҥхото толору сурулла илик,
        олоҥхоһут  тыла  кыайан  бэриллибэккэ  турар»,  —  диэн  эмиэ  Ойуу­
        нускай тыла.  «Олоҥхоһут тыла» олоҥхоһут ахсаанынан кээмэйдэнэр.
        Олору  барытын  мунньан,  «Олоҥхо  тыла»  диэн  ураты  суолталаах
        улуу туспа  үлэ суруллуон наада.  Оннук үлэ сурулларын туһунан тыл
        үөрэхтээхтэрэ  сир  аннынан  сибигинэспиттэрэ-хобугунаспыттара
        ыраатта да,  сүрэх баҕатын сүһүөх уйар кэмэ кэлэ илик быһыылаах...
        Онуоха диэри  олоҥхоһут  олоҥхотун  сөп  буола-буола  бу  курдук  бэ-
        чээттээн,  тарҕатан,  аахтаран,  бар дьоммут тылын  кыаҕын,  тылынан
        ойуулуур  барҕа баайын хаҥата турар бэрт наадалаах.
            Оҕотоойоп Бүөтүр олоҥхото атын олоҥхолортон балай да ураты-
        лардаах.  Ол,  бастатан  туран,  көстөр  тылыттан  өһүттэн.  Бу  олоҥхо
        тыла-өһө, хоһуйуута быһа холоон эттэххэ,  судургутутуллубут курдук.
        Ол аата сымсаабыт диэн буолбатах, хайа эмэ өттүнэн саҥардыллыбыт,
        өссө кэлин  өттө биллэ  күүһүрдүллүбүт да диэххэ  сөптөөх.  Холобур,
        олоҥхо  киириитигэр:  «Былыргы  быралыйбыт  дьыл...  урукку  ула-
        рыйбыт  үйэ...  эрдэтээҕи  эстибит  үйэ»,  — диэн  атын  олоҥхоҕо  наар
        «быралыйар»,  «уларыйар»,  «эстэр» дэнэр уларыйбат эпитеты  ааспыт
        бириэмэҕз  туттубута  сонуҥҥа  дылы.  Эбэтэр,  Элэс  Боотур  абааһы
        уолун  илэ  бодотун көрөн туран:  «уолусхан  санаата уолугун төрдүгэр
        уһулута  ойдо...  күүс  эттэрэ  көҥүтэ  көтөн  тахсаары  сордоҥ  балык
        курдук түллэҥнии мөҕүстүлэр... икки чанчыгыттан күөх төлөн уоттар
        күлүбүрүү  умайан,  өрө  салаан  тахсаннар,  төбөтүн  оройугар  тиийэн
        хотой  уйатын  саҕа  кутаа  уот  буолан,  күүдэпчилэнэ  умайдылар»,  —
        диэн  олоҥхо  омунун  Оҕотоойоп  Бүөтүр  ордук  күүһүрдэн  биэрбит.
            Бу олоҥхо киһи истибэтэх элбэх дьүһүн кубулуйуулара, бухатыыр
        көмөҕө  ыҥырар дьонун  ахсаана  элбэҕэ,  сюжет хаамыыта  суһаллык,
        соһуччутук  уларыйа-тэлэрийэ  турара  —  итэҕэһэ  буолбатах,  сонуна
        буолуо дии саныыбын. Холобур, Элэс Боотур Үөс Тардар Оһох Хабар
        Тимир Дьигистэй уораҕайын  иһигэр киирэн барар суола баҕана үүтэ
        буолбутугар  Ый  Кыыһа  Ылбалдьын  удаҕан  киирэн,  Элэс  Боотуру
        «аҕыс кырыылаах ааҕылыыскай иэнэ» оҥоро охсон, «ынырык ыпсылҕа
        быыһынан ыраах кыыратан быыһыыр... Абааһы кыыһа буоллаҕына,
        көрүөхтэн сүөргү үчүгэй Күн Чөмчүүк буолан, күөгэйэ хааман кэлэн
        айыы  бухатыырын  арыаллаан  киллэрэн,  аад  айаҕар  тимирдэр...  Ол
        сыттаҕына  Күн  Кыыһа  Күөгэлдьин  удаҕан  Өлүү  Бадылҕах Бадараан
        иччитигэр  «аллараа дойду  атыыр  чохутун  атыыр  оҕус  оҥоро  охсон»

        150
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159