Page 199 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 199
Толоонноргор тиийэҥҥин,
7980 Тупсан туругураар,
Сай-самаан сайылыктарын
Нарын күөх
Таман отугар
Дьаарбайан сайылаа,
Оһуордаах-дьэрэкээннээх
Оттоох-мастаах,
Уйгулаах-быйаҥнаах
Уһун үрэхтэринэн
Уойан-тотон,
7990 Тупсан төлөһүйээр.
Ыҥырдарбын эрэ
Ыраах да буолларгын
Сыыдамнык чугаһаар,
Үрдүк да буолларгын
Түргэнник түһээр,
Дириҥ да буолларгын
Тиэтэллик дагдайаар, — диэн баран,
Ыытан кэбиспитэ.
Араҕас сиэр ата
8000 Сиэлинэн-кутуругунан оонньоон,
Сиэлэн-хааман
Нэлэһийэ турда,
Бэйэтэ буоллаҕына
Барыах буолбут сирин диэки
Тэбинэн кэбистэ.
Бадараан диэн
Батары тэбиммэтэ,
Кута диэн
Хоточчу үктээбэтэ,
8010 Обоччо диэн оботторбото,
Уу диэн тимирбэтэ.
Көтүөн кыната суох,
Дайыан табытала суох,
Туостааҕар кураанахтык,
Түүтээҕэр чэпчэкитик,
Сүллээх этиҥ курдук
Түргэнник сүүрэн истэ.
Түбэ гиэнэ түҥкэтэҕэ
Аабылаан гиэнэ аппааһа,
8020 Сир гиэнэ сидьиҥэ буолла.
Баайтаһын биэ саҕа баҕалаах,
- 191 -

