Page 198 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 198
Ол анарааҥҥы өртүгэр
Арбахтаах уот саҕа
Абааһыта дагдайа сүүрбүт,
Көмнөөхтөөх уот саҕа
7940 Көстүбэтэ көппөйө сүүрбүт,
Күнэ-ыйа биллибэт
Күлүк борунуй
Дойду буолан,
Күлүгүрэн түһэн барда.
Иҥнэстэ турар эҥийэлээх,
Таҥнаста турар дабааннаах,
Көҥүрүйэ турар көмүктээх,
Сыылла сытар сыырдаах,
Сиҥнэ турар сирдээх,
7950 Бырылыы сытар бырыылаах,
Курулуу турар куталаах,
Суккулла турар суудаллаах,
Улаҕата-муҥура көстүбэт
Обоччо лээби,
Бытгаҕа-хонноҕо биллибэт
Кута-нуора,
Ооҕуй оҕус ситимин курдук
Обоччо бадараан дойду буолла.
Манна тиийэн
7960 Алаатыыр Ала Туйгун
Атыттан ойон түстэ:
— Аҕыс тоҕойдоох
Айдаан айан суолугар миинэр
Аллаах айаннаах
Араҕас сиэр
Атым барахсан,
Аны мантан ыла
Атганан-атыырданан
Айанныыр дайды
7970 Баранна бадахтаах,
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Айыллан үөскээбит
Аан ийэ дойдугар тиийэндгин,
Ачалаах алаастаргар
Атаххынан мэччийэн,
Аһаан-сиэн,
Астынаар-тотоор,
Торҕо күөхтээх
- 190 -

