Page 200 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 200

Кур оҕус саҕа чохулаах,
                    Кунан оҕус саҕа хомурдуостаах,
                    Өҕүрүмэр ынах саҕа үөннээх,
                    Тиҥэһэ ынах саҕа тигээйилээх,
                    Кудан туруйа саҕа күүгэстээх,
                    Быытта куоҕас саҕа бырдахтаах,
                    Охсор улар саҕа оҥооччулаах,
                    Атыыр оҕус саҕа ооҕуйдаах,
              8030  Кытыылыыр сылгы саҕа кымырдаҕастаах,
                    Үөлэн харыйа саҕа
                    Чыыбыгырыыр тыймыыттаах,
                    Көмнөктөөх харыйа саҕа
                    Күрэ күлгэрилээх,
                    Моҕой үөн мустубут,
                    Эриэн үөн элбээбит.
                    Үөһэнэн сылдьар
                    Чыычааҕы көтүппэккэ,
                    Ыҥыран ылан
              8040  Ыйыста сытар,
                    Аллараанан сүүрэр
                    Атахтааҕы сүүппэккэ,
                    Хара күлүктээҕи,
                    Хамсыыры харамайы
                    Үрдүгэр түһэн
                    Үрүт үрдүгэр үөмэхтэһэн,
                    Тырыта-хайыта тыытан,
                    Тутан сиир
                    Үгүс элбэх
              8050  Үөнэ-көйүүрэ
                    Үөмэхтэһэн-үллэҥнэһэн,
                    Үөскээбит сирэ буолла.
                    Эриллэ түспүт
                    Эриэн үөнү
                    Ибили тэптэ,
                    Хатылла түспүт
                    Хара моҕойу
                    Быһыта үктээтэ,
                    Үөн-көйүүр диэн өйдөөбөтө,
               8060  Бырдах күлүмэн диэн быһаарбата,
                    Тигээйи моҕой диэн билбэтэ,
                    Кыратык да кыһаллыбата,
                    Аҕыйахтыкда аралдьыйбата.
                    Үөнн ээх-көй ү үрдээх
                                       192
                                   -
   195   196   197   198   199   200   201   202   203   204   205