Page 17 - Неизвестное название
P. 17

Атыйахтаах уу курдук
                     Аймаан-саймаан,
                     Иһиттээх кымыс курдук
                     Иҥнэри тардан иһиҥ,
                     Тордуйалаах уу курдук
                     Togo тардан,
                     Тобододуур гына
                     Суиту уулаан,
                     Тэһэ тардан,
                380 Сиксигиттэн-дэбилитэн,
                     Хайа тардан,
                     Хаалларбакка халытан,
                     Дьөлө үктээн,
                     Түгэҕин көрөр гына
                     Сүүрүгүрдэн түһэрин,
                     Сүөһүлэри-киһилэри
                     Төбөтүнэн аҥарын
                     Хайа үүрэн,
                     Быһар быһаҕаһын
                390 Быһа кыйдаан,
                     Киллэрэ охсуҥ,— диэн,
                     Хантайа-хантайа хаһыытыыр,
                     Чолойо-чолойо чускуйар,
                     Олодуйа-олодуйа ордооттуур эбит.
                        Били гыннадына
                     Мэнэгэйдээх-соллоҥноох,
                     Бэки Суорун биистэриттэн бэгидиһэн,
                     Дьэбиннээх сирэйдээх
                     Дьэрис хара
                400 Диэлимэрдэрэ дэгициһэн,
                     Оботтоох чупчурҕан хара
                     Удьуордарытган олодуһан,
                     Түгэх дойдуттан
                     Түркүннээх түөкүттэрэ,
                     Нүһэр бөдөлөрө түөһүллэн,
                     Алдьархайдаах садыамнаах
                     Аллараа дойду
                     Амырыын адьырҕалара
                     Ап соллоҥ хара
                410 Аартыктарын арыйан,
                     Адылыһан тахсаннар,
                     Айыы дойдутугар адаарыһан,
                     Күн сиригэр күөдүлүһэн,
                                    - 14 -
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22