Page 136 - Неизвестное название
P. 136

Тула туран кэбистилэр,
                     Буор тумул сада
                     Буулада бухатыырдара,
                     Дуолан тойонноро
                     Сир түгэҕин диэкиттэн
                     Сиппэхтиин-сигирэхтиин,
               5580 Чэҥнээх муустуун
                     Логлу ыстанан,
                     Түөрэ сүгүллэн,
                     Сигидис гына түстэ.
                     Муустаах буурҕанан
                     Буһугураччы тыынна.
                     Хаардаах саҕыанан
                     Сабыта уһуурда.
                     Илин диэки көрөн баран,
                     Иһин түгэҕиттэн
               5590 Иҥсэлээх үлүгэрдик
                     Эҕирийэн эҥсилиппитигэр
                     Тэргэн этиҥ
                     Дэлбэритэ тэптэ.
                     Сааллар этиҥ
                     Хайыта саалынна,
                     Сааллар чадылдан
                     Таҥнары сатайдаата.
                     Илин дойду
                     Иҥиэтигэр сигсигиттэн
               5600 Иҥнэстэр таһаатын диэкиттэн
                     Эһэлиин-бөрөлүүн,
                     Эл иэлиин-тураахтыын,
                     Көтөрд ү үн -сүүрэрдиин,
                     Сол оҥдолуун - кырынаастыын,
                     Хахханныын-суордуун,
                     Хабдьылыын-бочугурастыын,
                     М одьугулуун - мэ кчир гэлиин,
                     Куобахтыы н -улардыын,
                     Саһыллыын-саарбалыын,
               5610 Тииҥниин-чубукулуун,
                     Тайахтыын-табалыын
                     Самыыр курдук
                     Саба сүүрэн кэлэннэр,
                     Хара тыа көстүбэт гына
                     Халыйан үөрдээн
                     Ханыылаһа түһэллэр эбит.
                                    - 135 -
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141