Page 141 - Неизвестное название
P. 141
Сибилигин ситэн кэлэн,
5790 Ириэнэх дьэдьэн курдук
Илдьи тэпсиэ,
Туос тордуйа курдук
Тоду кэһиэ.
Аар акаары,
Алдьархай аанын
Аһаары гыммыккын,
Уйгуур мэник
Уһун содулу
Оҥороору гыммыккын,
5800 Сибилигин адай
Тиэтэл үлүгэрдик
Хантан ылбыккыный да,
Илдьэ оҕус.
Босхо бастаах одону
Моонньун тоһутаайыккыный,*
Улдьадай эттээх
От илии-атах уолу
Унуодун иэнин кумалаайыккыный*
Иэдьэгэй бэйэлээх одону
5810 Иһин үөһүн доргутааххыный.
Эрэй-буруй чычааһына
Илдьэ охсон биэр,— диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Тустуулаах Дьуруо Б ego
Саманнык диэн саҥа саҥара турда:
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Бу сириэдийэн үөскээбит
Сир ийэм
Туллар тутаахтара,
5820 Дуолан бухатыырдара
Эргэнэ хара тыа
Илэ-бодо
Иччилэрэ буолбут
Тимир Лөһүөрдээх,
Мөҥүрүүр Бүө Хаан
Тойон убайдарым,
Этэр тылым эгэлгэтин
Истэ сэргэдэлээҥ,
Көрө бүдүүлээҥ.
5830 Аҕыс атахтаах
Алдьархай бөдө
- 140 -

