Page 21 - Неизвестное название
P. 21

Аймахтарын ууһуттан
                     Абааһыларын адьырҕалара,
                     Көстүбэттэрин күтүрдэрэ,
                     Илиэһэйдэрин диэлимэрдэрэ
                     Иҥсэлэрэ көбөн,
                     Идэмирдэрэ бэргээн,
                     Оботторо улаатан
                550 Уоҕуран-күүһүрэн тураннар,
                     Охсуһууга-оһолго туттар
                     Оботтоох чупчурҕаннаах
                     Уһун дапсыыр хара
                     Быһылааннаах батастарын,
                     Өргөстөөх үҥүүлэрин
                     Өрүтэ туппутунан
                     Охсуһуулаах - содуо мнаах,
                     Оһоллоох-ороскуоттаах,
                     Оһуу-тоһуу төбөлөөх
                560 Очуостарын үрдүгэр
                     Олоодуһан тахсаннар,
                     Күн өркөн уустарын
                     Көй кииннэрэ,
                     Көмүс ордуулара буолбут
                     Күн Тэгиэримэ эбэ хотун
                     Быстыбат быйаҥыттан,
                     Уурайбат уйгутуттан,
                     Балысхан баайыттан
                     Иҥсэлээх-идэмирдээх,
                570 Хамсыктаах-соллоҥноох
                    Хаадыйах хара
                     Кэлтэгэй хамыйахпытынан
                    Кубарыйа кууруор,
                    Хабырыйа хатыар,
                    Онойо уолуор диэри
                    Ордорбокко барытын
                    Оботтоохтук сомсуо,
                     Балгыччы баһыа этибит диэн,
                    Уоттаах тууспан харахтарынан
               580 Одуулаан-олодуһан,
                    Үөрэн бараннар:
                       — Арт-татай оҕолоор!
                    Бу орто туруу
                    Дьоҕул дойдуга
                    Айыы хаан аймахтарын

                                    - 18 -
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26