Page 254 - Неизвестное название
P. 254
Охсуһан-улайдаһан,
Уҥуоххутун кумалаһан,
Ордон хаалбыккыт,
Ойох ылан бараары,
Туруулаһан турдаххыт
Тугун баҕас
10740 Толооскутун, нохолоор!
Тэгил дойдута
Тэҥнээхтэргит көрүүтүгэр
Суол дойдуга
Дьүө дьүһүннээххитинэн
Сүөргү буолсу,
Тохтооҥ, болҕойуҥ эрэ,
Дуолан бухатыырдар!
Үтүө сүбэбин
Өйдүөн сэҥээрэн истиҥ!
10750 Самантан туһааннаах
Тускумньулаах тус соҕуруу диэки
Сүүрэр атахтаах кыылым
Тоҕуста тугуттаан
Бойбурдарын көтөхтөрөн,
Тиийэр сиригэр,
Көтөр кынаттаах кыылым
Үстэ сымыыттаан,
Көнчөҕүн көтүтэн тиийэр сиригэр
Хоптолоох Куйаадыма Эбэ диэн
10760 Сир киэнэ киинэ
Сир баар буолуо.
Ол дойду
Туналыйар ньууругар,
Дьогдьойор саалыгар
Аҕыс салаалаах
Аар Луук Mac
Аарыгыран - айгыстан,
Ситэн силигилээн,
Үүнэн турара буолуо.
10770 Ол мае төрдүгэр
Үйэ-саас тухары
Хагдарыйбакка-кэхтибэккэ,
Өрүүтүн үүнэ турар
Үрүҥ илгэ үллүбүт,
Араҥас арыы аллыбыт
Быстыбат быйаҥ кэскиллээх,
- 255

