Page 251 - Неизвестное название
P. 251

Үрүҥ сүүрүкпүтүн —
                          Өрөһүлтэтэ суох,
                          Хаарыан бэйэлээх
                          Хара сүүрүкпүтүн
                          Харысхала суох
                   10610 Хампы тэпсиэхтэрэ диэн,
                          Сыыдам быһыйдара,
                          Сылбаргы бэртэрэ
                          Сыһыыга-хонууга
                          Сыыдамнаһан киирэннэр,
                          Сылгы сүөһүлэрин,
                          Сыспай сиэллээхтэрин,
                          Өрөҕөр көҕүллээхтэрин,
                          Үөл талаҕынан үүрэн-үтүрүйэн,
                          Өрүкүччү сүүрдэн,
                   10620 Үрүйэ -харыйа устун
                          Үөмэхтэһэн таһааран,
                          Анараа аабылааннарга,
                          Чиэрэс симилэхтэргэ,
                          Түҥкэтэх түбэлэргэ,
                          Бүк сирдэргэ
                          Бөлүөҕүрдэн бардылар.
                          Хоһуун өртүлэрэ,
                          Хорсун дьонноро
                          Хонууга-толооҥҥо
                   10630 Курайа сүүрэн киирэннэр,
                          Хороҕор муостаахтарын
                          Кускуур талаҕынан
                          Хотолуччу үүрэн таһааран,
                          Хотоҥҥо хорҕоттулар,
                          Ньирэйдэрин-торбосторун
                          Тиэргэҥҥэ-титииккэ
                          Симэн кэбистилэр,
                          Тэтиэнэх өртүлэрэ
                          Сис хара тыаҕа
                   10640 Тигинэһэн тахсан,
                          Дьылхан тииттэри дьилбэхтэринэн
                          Силэйэ көтөн,
                          Силигирэһэ турдулар.
                          Хорсун өртүлэрэ
                          Куруҥ хара тыаҕа
                          Курайа сүүрэн тахсан,
                          Кураанах хохур тииттэри
                                         - 252
   246   247   248   249   250   251   252   253   254   255   256