Page 255 - Неизвестное название
P. 255

Уурайбат уйгу тускулаах
                       Эдьээн Иэйэхсит
                       Илэ-бодо эргиллибит.
                 10780 Ахтар Айыыһыт
                       Анаан-минээн арыаллаабыт,
                       Дьоллоох Дьөһөгөй төлкөлөөх,
                       Аҕыс ача күөх салаалаах
                       Сибэкки от үүнэн
                       Турара буолуо.
                       Ол оттон биир оту
                       Силистэри-буордары
                       Түөрэ тардан
                       Аҕалан биэрбиккит,
                 10790 Мин оҕобун
                       Сэттэ былас суһуохтаах
                       Нэлэмэн Куону
                       Туһааннаах доҕор
                       Оҥостуо этигит.
                       Нэлэмэн Куо
                       Ийэ кута,
                       Эдьээн иэйэхситэ,
                       Одун хаан оҥоруута,
                       Тыйыс хаан дьылҕата
                 10800 Онно буолуо.
                       Биир сыыдам сырыылааххыт,
                       Аллаах айаннааххыт,
                       Быһый атахтааххыт
                       Бастаан тиийэн булан аҕалыаҕа.
                       Оччоҕо буоллаҕына
                       Бытаан сырыылааххыт
                       Былдьаһыа суоҕа,
                       Куоттаран кэлбиккит
                       Хом саныа суоҕа,
                 10810 Буойака! — диэтэ.
                          Инньэ диирин кытта
                       Күрдьүөттэһэн турар
                       Күтүр бухатыырдара
                       Көөнньөн турар
                       Көхсүлэрэ кэҥээтэ,
                       Көппөйө үллүбүт
                       Көрүҥнэрэ суулунна,
                       Кыыһырбыттара кыларыйда,
                       Көнө түстүлэр,
                                      - 256 -
   250   251   252   253   254   255   256   257   258   259   260