Page 59 - Неизвестное название
P. 59

Үөгүлээтэр иһиллибэт
                     Үрдүк дайды
                     Өрүкүйэр көҕүлүгэр,
               2180 Үрүт мындаатыгар
                     Өрө сүүрдэн тахсыбыт эбит.
                        Бу тахсан
                     Өйдөөн бүдүүлээн көрбүтэ —
                     Араҥас халлаан
                     Атын эбит,
                     Тэбиэ халлаан
                     Тэйиччи эбит.
                     Кыыһар маҥан халлаан
                     Кыранан буолла,
               2190 Отут ургунньахтаах
                     Орто туруу дьодул дойдум
                     Уораһыйар оройо буолла.
                     Аҕыс иилээх-саҕалаах
                     Аан ийэ дайды
                     Адаардаах арҕаһа эбит.
                     Сэттэ биттэхтээх сир ийэ
                     Чинэрийэр дьирбиитэ эбит.
                     Торуһуон тоҕус
                     Дьураадыйар суол
               2200 Тутуһар туймуута буолла,
                     Аҕыс уон аҕыс                           •
                     Аҥырхан аартык
                     Айгыстар айаҕа эбит.
                     Сэттэ уон сэттэ
                     Тибилгэн суол
                     Тибилийэр тиһигэ буолла.
                     Сиэлэн иһэр
                     Сиэр сылгы
                     Сиэллээх көҕүлүн
               2210 Силэйэ баттаабыт курдук
                     Сиэллээх нэлбиргэлээх
                     Сиэги маҥан аартыктар
                     Сир ийэ дьиппинийэр
                     Сиксигин диэкиттэн
                     Сиэттиһэн-ситимнэһэн
                     Тиийэн кэлбиттэр.
                     Айаннаан иһэр
                     Аас-маҥан
                     Атыыр сыдгы
                                    — 56 —
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64