Page 55 - Неизвестное название
P. 55
Куотан иһэр кыьтлым
Куодалдьыйар куорсунун түүтүн
Холбуу туппут курдук
Хонноҕо-быттыга биллибэт
Куруҥ хара тыалар,
2010 Кундаар систэр
Куотан ааһан
Куугунаһан истилэр.
Иһэр кыылым эрбийэтин түүтүн
Эрбэччи туппут курдук
Иитэ-салата биллибэт
Эргэнэ хара тыалар
Иннигэр-кэннигэр
Элэҥнэһэ күлүмнэһэн,
Эккирэтиһэн истилэр.
2020 Ол анарааҥҥы тардыытыгар
Ойдом-сойдом дайдылар,
Айаан үрэхтэр,
Ан'ырхан аппалар,
Аарыма хайалар
Ахсаана биллибэт
Антах-бэттэх
Аргыстаһан-аасыһан,
Айаннаһан-куйаҥнаһан
Ааһан истилэр.
2030 Ол анарааҥҥы тардыытыгар
Үксэ дьүүлэ биллибэт
Үгүс күрүлгэннээх,
Элбэх дэбилгэннээх,
Кутуллар сүүрүктээх,
Күҥкүй кэҥистээх
Күрүлгэн үрэхтэри,
Күкүр хайалары
Күл үмнэтэн-элэҥнэтэн,
Куотан-ааһан,
2040 Куоһара түһэн
Кудулутан истэ,
Күнэ күөччэх курдук эргичийэн
Төбөтүн оройугар
Төгүрүйэн түһэн истэ.
Ыйа ытык курдук
Ытыллан-кутуллан
Ыйдаҥара сырдаан,
- 52 -

