Page 64 - Неизвестное название
P. 64
Тура хааман чуукунаспыт,
Чобуо төбөлөөх
Тохтообокко чоҕулдьуспут,
Кэгиэ кэтэхтээх
Кэлэ-бара кэҕэлдьийбит,
Тилэхтээх бөҕө
Тибилийэн тиэстибит,
Көлөлеөх-көтөллөөх бөҕө
2400 Холбонон көделүппүт,
Ыарахан ындыылаах
Ыраатан ырҕалыппыт,
Ыар таһаҕастаах
Аргыый сыҥалыппыт,
Ырыган көлөлөөх
Ыран-быстан сыһылыппыт,
Кунан оҕустаах ходьоруппут,
Сонодос аттаах чодулдьуппут,
Харса бээгэйдээх куйҕалдьыппыт,
2410 Оодуй одустаах ураадыппыт,
Уһуктаах туйахтаах
Омуннаахтык дугуммут,
Хааннаах батастаах
Хабырыһан аалсыбыт,
Өргөстөөх үҥүүлээх
Үтүрүһэн үөмэлэспит,
Кыһыылаах бөҕө
Кыладыһан кыйдаспыт,
Хатааннаах бөҕө
2420 Хаһыытаһан айдаарбыт,
Өһөгөйдөөх бөҕө
Үөгүлэһэн үтүрүспүт,
Иҥсэ мэнэгэйдээхтэр
Ииригирэн туран эккирэтиспит,
Обот соллоҥноохтор
Оботуран туран
Омуннаахтык сойуоласпыт,
Чуллурда хара биистэрэ
Соболоҥ аахсан сойуоласпыт,
2430 Иэһин ситиһээри
Илиэх-балаах эккирэппит,
Куоппуту тутаары
Хобуох-ибиэх дайбаабыт,
Холойо-холойо сүүрбүт,
- 61 -

