Page 67 - Неизвестное название
P. 67

Хантан хайдах батыһыахпыный,
                        Кимтэн истэн
                        Эккирэтиэх бэйэбиний диэн,
                        Мунаара санаата,
                        Мунаахсыйа быһыытыйда.
                        Кэлээччилэртэн-барааччылартан
                        Кэпсэтэн көрүөххэ,
                        Ыллык-аартык айанньыттарыттан
                        Ыйыталаһан истйэххэ,
                  2530 Суол-иис дьонуттан
                        Сураһан ирдэһэн,
                        Көрүөххэ диэн,
                        Кэлбити кытта кэпсэтээри,
                        Чугаһаабыттан сураһаары,
                        Ыраахтан ыйыталаһаары,
                       Аартык айаҕар аараата,
                        Суол төрдүгэр тохтоото,
                        Тоһуйан турда.
                          Бу туран кэлбиттэри кытта
                  2540 Кэпсэтээри гыммыта —
                        Кылар харахтаах,
                        Кыҥнастыгас бүлгүннээх,
                       Кылдьыры моонньулаах,
                       Кыкыр-хахыр саҥалаах,
                       Кый-хай тойуктаах,
                       Кыиырдыа* хааннаах,
                       Кыдьынгы хара удьуордара
                       Кыйдаһан -хайдаһан,
                       Кыл а нан-час кыйан,
                 2550 Кырбаһан-эттэһэн,
                       Кыһарыһан-хабырыһан
                       Түһэр сирдэрэ буолла.
                       Хайа эмэ дойдулар
                       Хабыллар хапчааннарыттан,
                       Хараарар бэлэһиттэн
                       Хадай хааннаах,
                       Хардааччы сигилиилээх,
                       Харылҕан харахтаах,
                       Хатааннаах санаалаах,
                 2560 Хатыылаах эттээх
                       Харе а дьабын аймахтарыттан
                       Хаһыытаһан-ыһыытаһан,
                       Хайыта-сиритэ харбаһан,

                                      - 64 -
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72