Page 69 - Неизвестное название
P. 69
Үлүһүйэн туран үөмэлэспит,
Орто дойдулар
Тохтообокко суккуллубут
2610 Дойдулара буолла.
Ол гынан баран
Кэпсэтээри гыннахха
Киһилии кэпсэппэт,
Сахалыы саҥарбат,
Урааҥхайдыы туойбат
Уу-ньамаан саҥалаах,
Күргүөм-чуораан куолайдаах,
Кэрии-чуораан кэпсээннээх,
Куба-мороту* лахсыырдаах,
2620 Кус-хаас тойуктаах,
Куота-ааһа көппүт,
Куоттара аһара түспүт
Тыал курдук сырыылаах,
Салгын курдук айаннаах,
Мүччү туттарбыт,
Халты харбаппыт
Халыан сырыылаах,
Халбархай айаннаах
Хара күлүк курдук
2630 Дьон буоллулар.
Ыпсыытын булан ыйдарбата,
Суолун булан сура с пата,
Кэмин булан кэпсэппэтэ.
Ханна эмэ
Хантас гынан көрбүтэ —
Халлаан улаҕатыгар
Кыһайан көрдөҕүнэ,
Хахырдаан хара уус
Хараабынньыгын курдук
2640 Хара лэглэйэн көстөр эбит.
Ол диэки
Солондо тураҕас атын
Туһулуу тутан кэбистэ.
Сулбу-халбы айаннатан
Чугаһаан тиийэн кэлбитэ ~
Тодус баараҕай
Суон тиит төбөтүн
Холбуу тутан ылан,
Буор булгунньах саҕа
66 -

