Page 109 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 109

Ырай  сирин  көмүскүүр,
                     Ыстыык-өргөс  иилиммит,
                     Ыччаттарбын  эҕэрдэлээ!
                     Дьэ  эрэ,
                      Хобо  чуораан  тыаскынан
                     Куйаар  баһын  оонньотон,
                     Сибэккини  сэргэҥнэт,
                     Сиһи-тыаны  үҥкүүлэт;
                     Ыркый  ойуур  быыһыгар
                     Ымыы  чыычааҕы  көҕүлэт;
                     Ыраас  халлаан  үрдүттэн
                     Ыйы,  сулуһу  иһиллэт;
                     Өрүс  баалын  өрүкүтэн,
                     Өрө  күүрдэн  үллэҥнэт!
                     Дьэ  эрэ,
                     Аҥааттар  Лена  хочотугар,
                     Алаас-сыһыы  толоонугар
                     Көрүлүүр  эдэр  ыччатгары
                     Көҕүлээҥҥин,  доҕоччугуом  —
                      Күөрэйэр-дьиэрэйэр  тойугун
                     Көмүс  ыраас  тылларын,
                     Күндээр  халлаан  күөнүттэн,
                     Күлүмүрдүү  саккырат!

                     Дьэ  эрэ,
                     Баараҕай  айан  суолунан,
                     Барабаанныын  бараалаһан,
                     Барааттаһа  хаампычча,
                     Кэтит  айан  суолунан,
                     Китээрэлиин  сиэттиһэн,
                     Кэккэлэһэ  испиччэ  ---
                     Аһа-чанчыга  маҥхайбыт,
                     Аар  тойон  аҕабыныын,
                     Аал  уотун  иннигэр,
                     Атах  тэпсэн  олороҥҥун,
                     Күрэҥсийбит  баттахтаах
                     Күбэй  хотун  ийэм
                     Иэримэ  дьиэтин  иһигэр
                     Иннигэр  киирэн  олороҥҥун,
                    Аҕыс  уонча  араастаах
                    Айаар-чаҕадн  ырыаҕынан,
                                   103
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114