Page 110 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 110

Тоҕус  уонча  нуоталаах
                       Тохтор  көмүс  тойуккунан,
                       Сүрэхтэрин  үөрдэҥҥин
                       Сүргэлэрин  көтөҕүй!
                       Санааларын  көнньүөрдэн
                       Саргыларын  үрдэтий!
                       Дьэ  эрэ,
                       Куппун-сүрбүн  иҥэрбит
                       Кустуктаана  доҕорбор
                       Эйээрбэхтиир  тойугуҥ
                       Эгэлгэлээх  тылынан
                       Эйэҕэсчэй  сүрэҕин
                       Эймэнитэ  дьириһийэн,
                       Кистэлэҥнээх  санаабын
                       Кэпсээн-этэн  биэрээхтээ!
                       Хоруоҥкалаах  хонноҕор
                       Хорҕойоохтоон  сылдьаҥҥын,
                       Биһилэхтээх  тарбаҕар
                       Бүөбэйдэтэ  сылдьаҥҥын,
                       Ытарҕалаах  кулгааҕар
                        Ыллыы-туойа  иһээхтээ.

                       Дьэ  эрэ,
                       Ыллаа,  —  диэтэ  Сталин,
                       Нуота  айда  иоруотуҥ,
                       Ыллаа  эрэ,  чыычааҕым,
                       Ыст&ал  тыллаах,  хамыһым!!!

                                         1943  с.  тохсунньу.
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115