Page 111 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 111
А Н Д А Ҕ А Р
Ээй,
Дьэ эрэ, күүһү-уоҕу түмүөх!
Дьэ эрэ, тутта-хапта түһүөх!
Буулдьа-толон улуйан
Буурҕа курдук ытаата,
Олох-дьаһах барчаланан
Урусхал курдук кумаланна...
Истиҥ эрэ!
Эр биллэр
Эриирдээх кэмнэрэ,
Элиэ кыыллыы,
Элиэтэһэн кэллилэр;
Сор туолар
Суостаах күннэрэ,
Хара суордуу
Халаатаһан түстүлэр...
Билэбит, ол хантан кэлбитин,
Билэ'бит, ол туохтан буолбутун
Хараҥа дьайыҥнаах
Капитал сириттэн
Хаанымсах фашист,
Харытын тиэринэн,
Дьол сырдык бу сирин,
Дьол-соргу биһигин
Боруогун үрдүнэн
Болуоннаһа атыллаата...
Куораппытын алдьатан
Хоруо курдук тэпсээри,
Сэлиэнньэни үрэйэн
105

