Page 194 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 194

БӨРӨ  БАСТААХ»  САЙЫЛЫК


                     Өктөм  хайатыттая  көрдөххө,
                     Үтүө  сайылыгым
                     Өлүөнэ  илин  өттүгэр,
                     Үрдүк  чээл  быраан  кэтэҕэр,
                     Туһахта  көмүс  курдук,
                     Туналыйан  көстөрө.
                     Ааллаах  хайатыттан  көрдөххө,
                     Араҕас  сайылыгым
                     Алдан  арҕаа  өттүгэр
                     Арҕас  тыа  ортотугар,
                     Алтан  туһахта  курдук,
                     Аралыйан  сытара.

                     Хомурах  хаарым  хоҥностуута
                     Куула  куруҥ  тыатыгар
                     Куртуйаҕа  хойдоро,
                    Халыҥ  хаарым  ириитэ
                    Халдьаайы  киҥкир  тыатыгар
                    Хара  улара  охсоро.
                     Унаар  күнүм  уота
                    Угуттуур  кэмигэр  —
                    Күөх  торҕонон
                    Көхсүн  үлбүнэрэ,
                    Алтан  сибэккинэн
                    Арҕаһын  ойуулуура,
                    Киҥкир  тыатыгар
                    Кэҕэтэ  туойара,
                    Күөх  халлааныгар
                    Күөрэгэйэ  дьирилиирэ,
                    Алардарын  быыһыгар
                    Артыал  көһөн  киирэрэ,
                                     188
   189   190   191   192   193   194   195   196   197   198   199