Page 198 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 198

Үрүт  үрдүгэр  дьаарыстаан,
                        Уҥа  орон  үрдүгэр
                        «Улахан  тутуулары  ыытан»,
                        Оонньуу  сылдьаллар.

                        Туус-маҥан  баттахтаах,
                        Тоҥхойо  кырдьыбыт
                        Токоно  оҕонньор
                        Үрүҥ  сыттыкка
                        Өйөнө  түһэн  сытан,
                        Тойон  өһүөнү
                        Тобулу  көрө-көрө,
                        Тугу  эрэ
                        Толкуйдуур  эбит...

                         Кини  толкуйа:
                        Килбиэннээх  күөх  халлаан
                        Киэҥ  киэлитэ  барыйдаҕына,
                        Киэһэ  үлэттэн  кэлэр
                        Кэргэттэрин  туһунан  буолара  дуу?
                        Чоруун  тоҥ  хаарга
                        Чоочугуруу  хааман,
                        Далга  аһыы  сылдьар
                        Талан  саадьаҕайдарыгар  буолара  дуу?

                        Эбэтэр,
                        Иһэр  быйылгы  сааскыттан,
                        Эмпэрэ  сүлбэни  бобон,
                        Халыһыйар  халаан  уутунан
                        Халдьаайы  түөлбэни  килэдитэн,
                        Өлгөм  күөх  оту
                        Үүннэрэр  толкуй  буолара  дуу?
                        Эбэтэр,
                        Эбэ  сайылыкка
                        Элбэх  дьиэлэри  тутан,
                        Бүтүн  колхоһунан
                        Бөһүөлэктээн  олорон,
                         Унаар  күөх  буруону
                         Уһатар  толкуй  буолара  дуу?..
                        — Дорообо,  кырдьаҕаас,
                        Тур  кэпсээ!
                        Хаҥас диэкиттэн
                                    192
   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202   203