Page 197 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 197

ТОКОНО  ОҔОННЬОР

                     Көһүнэн  усталаах
                     Күндэ далай  күөллээх,
                     Күннүгүнэн  туоралаах
                     Күөх  унаар  хочолоох,
                     Аан  чалбаайы  дуо  дэппит
                     Ааттаах  Тойон  Мүрү
                     Киэҥ  кырдалыгар —
                     Килбиэннээх  саҥа  дьиэлэр
                     Кэккэлээн  тураллар,
                     Уһун  хара  турбалар
                     Унаар  буруону  субуйаллар....
                      Онно  кэлэн,
                     Уһун  дьиэ
                     Аанын  арыйа  тарпыппар,
                     Аалыылаах  тимир  иэччэх
                     Аҥаатта  түстэ.
                     Боруогу  үрдүнэн
                     Бороҥ  туман
                     Будулуйан  киирэн,
                     Уҥа  диэки  тиийэн,
                     Уостан  сүттэ.
                     Кыра  оҕолор,—
                      Кырыылаах  буруус  мастары
                     Кырыытынан  кыстаан,
                     Үрүҥ  тастаах  кинигэлэри
                                 191
   192   193   194   195   196   197   198   199   200   201   202