Page 203 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 203

Дьадаҥы  аймах,  биһиги —
                   Этэрбэс  кэтээт
                   Эрэйи  билэн,
                  Сон  кэтээт
                  Сору  көрөн,
                   Булгуйбат  буулаҕа
                   Бурҕалдьыны  ооспуппут,
                   Кыларыйбат  кырыыска
                   Кыпчыттаран  олорбуппут...


                   —  Эһэм  оҕонньор,
                   Сэһэргээ  эрэ  ыл,
                  Аныгы  былааска,—
                   Совет  салалтатыгар
                   Кимнээҕи  талаҥҥын
                  Кэскиллээх  олоххор
                   Килбиэннээх  аартыгы  тэллэрбиккиний
                  Дьоллоох  үйэҕэр
                  Дьуолкалаах  суолу  солоппуккунуй?

                  —  Талбытым,
                   Көнө  сүрэхтээх,
                   Күүстээх  санаалаах,  *
                  Тоҥтон  толлубат
                  Толуу  дьоннорбун,
                  Ириэнэхтэн  иҥнибэт
                  Эрдээх  эрэттэрбнн...

                  Одуулаа  эрэ,
                  Уҥа  түннүгүнэн:
                  Мэндиэмэннээх  дьиэлэр
                  Мэндэһэллэр  дуо?
                  Киэҥ  түннүктэр
                  Килбэчиһэллэр  дуо?
                  Хайыс  эрэ  ити
                  Хаҥас  түннүккэ:
                  Оол  көстөр  ээ
                  Уһун  хара  турба!
                  Бар-дьоҥҥо  бурдук  тардан
                  Барабыык  үлэлиир  дуо?
                  Им-балайы  хайа  тыган
                  Ильич  лаампата  умайар  дуо?
   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208