Page 201 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 201
Быйыл тоҕус уон иккибин туолабын,
Бытааран-бөдөөрөн олоробун...
— Кэпсээ эрэ, оҕонньор, былыр
Кимнээхтэри сүүмэрдээн
Кинээс, кулуба оҥортоон,
Килиэ-халаа чыынынан
Киэргэтэр этигитий?
— Сандаар маҥан
Сайын ахсын,
Сугулаан хонуутугар
Сукуһан олорон,
Тарбахпыт төбөтүнэн
Талах суокка
«Тас» гына тардан,—
Кинээс уолун
Кинээһинэн талан
Киэбирдэр этибитг
Кулуба оҕотун
Кулубанан талан
Кумалатар буоларбыт.
Кулугуруур кулуку тыаһын курдук,
Кураанах даҕаны тыллаахтар,
Кулубалаабычйа эрэ
Куолулуур буолаллара.
Үрүөх быһаҕын курдук,
Өлбөөркөй даҕаны көрүҥнзэхтэрг
Үрдүк сололононнор,
Өтөҥнөһөр этилэр.
Холобурун эттэххэ:
Тойон да буолан абыраабат,
Туоһу да буолан туһалаабат,
Иннэ-кэннэ биллибэт
«.Ээҕи» кытта сылдьар,
Кэтэнээһэп Ньукуус кытта
Кинээс буолан кэлтэҥнээбитэ;
Үөттүрэх да буолан,
Үлтү кэйиэлээн барбат,
Дьуолка да мае буолан,
195

