Page 234 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 234
Кыыллыйбыт фашист самныбыта,
Кыайыы күнэ тахсыбыта, —
Аан дойду бүтүннүү уруйдаабыта,
Алаһа дьиэ барыта айхаллаабыта.
Бүөбэйдээбит көмүс чыычаахтаргыт
Бүтүн Европаны эргийбиттэрэ,
Арҕаа фашист адьырҕаны
Арҕаҕар үлтү тэпсибиттэрэ.
Умса баттанан сыппыт
Уонунан омуту босхолообуттара,
Элбэх эрэйдээх ийэ
Эҕэрдэтин, махталын ылбыттара.
Киэн туттуҥ,
Кэскиллээх дьолу төлкөлөспүт,
Эр хотойдору төрөппүт,
Эһиги, советский ийэлэр!
Мичээр, үөр, айхалынан.
Мин ийэм, бу дьолу көрсөн,
Эргийэн кэллэ кыайыынан
Эн уолуҥ, фашист былааҕын тэпсэн.
Киэн тутун, эн,
Килбиэннээх сытыы кылыһынан, —
Бүтүн аан дойду өстөөҕүн
Бүдүрүтүһэн кэлбит аччыгый уолгунан!
Киэн тутун, эн,
Кэскиллээх Ийэ дойду иэнин киэргэтиһэн,
Унаарар толооннору симэспит уолгунан,—
Улуу куораттары тутуспут ыччаккынан!
Кэрэтиэн,
Үрүҥ күн анныгар
Үчүгэй ийэнэн бүөбэйдэнэр!
Кэрэтиэн,
Аан дойду үрдүгэр
Албаннаах, кини аатынан кэрэхсэнэр!
Кэрэтиэн,
Өссө кэрэтиэн,
228

