Page 32 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 32

Үгүс  үөрүн  батыһан,
                          Үллэ-үллэ  айаатаабыт,
                         Үгүс  сиргэ  халаатаабыт,
                         Атын  оҕуһу  хотоору,
                         «Ааты-суолу  ылаары»,
                         Арҕаа-илин  хайыһан,
                         Айаатыы-айаатыы  дьаҥсайан,
                         Буойун  күүстээх  муоһунан
                         Буору  тиэрэ  силгэйбит...
                         Туруору  туттан  дюндойбут,
                         Тураҕас  атыыр  обургу
                         *Сыһыы  муҥунан  субуйбут
                         Сылгы  үөрүн  батыһан.
                         Тыбыыра-тыбыыра       кэҕийбит,
                         Тырылыы-кистии  тэппэйбит.
                       5  Күнүм  уота  күндээрэн,
                         Көтен  тахсан  күөрэйэн,
                         Сырал  куйаас  'буолуута,
                         Сылгыны  .бүгүлэх  булуута,
                         Атыыр  сылгы  барахсан
                         Алтай  оттон  арахсан
                         Баһын  умса  дьүккүйэн,
                         Баран-кэлэн  хомуйан,
                         Күргүөм  үөрүн  күөнтээбит,
                         Күлүк  сиргэ  күрээбит...
                                                       I
                         Эҥин-дьикти  бэйэлээх
                         Эдьээн  улууС  эдьиийдэр
                        Тумул  хоонньо  хаарчахтан
                         Тутар  биэни  аҕалан,
                         Ь1ркый,  к^-руҥ  быыһыттан
                         Ыанар  ынах  хомуйан
                         Дьэдьэн  уктаах  тиэргэҥҥэ,
                         Тиһиллэ  турар  титииккэ,
                         Сурдур-сурдур  ыабыттар,
                        'Суорат,  кымыс  гыммыттар...
                         Аныгы  олох  айхалын  —
                         Арамаан  совет  артыалын
                         Отун  сирин  киинигэр  —
                         «Орто  Күрүе»  иһигэр
                        Ютут,  сүүрбэ  отчуттар
                        .Уопсай  мустан  турбуттар.
                                     26
   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37