Page 312 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 312

УҺУН  ҮЙЭМ  САНДАЛ  СААҺА

                      Өйдүүбүн  —
                      Сүлбэ  кытыытыгар
                      Сөтүөлүү  оонньуурбун.
                      Өйдүүбүн  —
                        Кыра  чуораан  кылыгыраан
                      Кылааска  аан  маҥнай  киирбиппин
                      Өйдүүбүн  —
                      «Туһа  киһитэ»  аатыран
                      Толооҥҥо  от  мунньа  барбыипын.
                      Өйдүүбүн,
                      Өрүү  өйдүүбүн  —
                      Үтүө-кэрэ  үйэм
                      Өлбөөдүйбэт сандал  сааһын  кэриэтэ
                      Саамай  маҥнай  еэрэнэн-сэрэнэн
                      Саҥата  суох  эйигин  кууспуппун,
                      Хоргустан  дуу,  үөрүүттэн  дуу
                      Хорҕолдьун  курдук  уулбуппун!
                      Ол,
                      Үйэм  биир  кэрэтэ,
                      Өлбөөдүйбэт  үтүө  бэлиэтэ,
                      Санаатаҕым  ахсын  дьолго  ыҥырар,
                      Саппаҕырбат  сандал  сааскым  буола  турар...

                                                        1954  с.







                                       306
   307   308   309   310   311   312   313   314   315   316   317