Page 313 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 313

УКРАИНА  ТОЛООНУГАР
            Улуу  Украина,
            Уст&лаах-туоралаах  уорҕаҕар
            Уол  кылааммар  сылдьаммын
           Уйаммын-хатаммын  билиммитим.

            Эн  чэлгиэннээх  кырдалларгын  чиэрэстээбитим,
            Иэннээх  сыһыыларгын  уҥуордаабытым,
            Дириҥ  аппаларгар  кирийбитим,
            Туруору  дабааннаргар  хатаастыбытым.
            Эбэккэм,
            Тобуктаан,  сынан  туоруох  диэтэххэ
           ,Туймаарыйан  түһэн
            Толооннордоох  да  этиҥ.
            Аттаан,  сыылан  ааһыах  диэтэххэ
            Аҥаарыйан  түһэн
            Айдамнардаах  да>  этиҥ.
            Тоҥолоҕум  дьуххарбыта,
            Тобугум  чэрдийбитэ...
            Элбэх  да  окуопаны  оҥостон
            Иэҥҥин  ойуулаатым  этэ...
            Кутуйахтааҕар  үгүстүк
            Холлороону  хастан  хоммутум,
            Куобахтааҕар  үгүстүк
            Хоһуруо  күлүгэр  сынньаммытым...
            Биирдии  соһумардарга
            Үйэлэр  кутталларын  куттанан,
            Биирдии  түбэлтэлэргэ
            Үйэлэр  үөрүүлэрин  үөрэн,
            Хардыыны  хонук  оҥостон,
       •2 0                     307
   308   309   310   311   312   313   314   315   316   317   318