Page 85 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 85

Долгуһа  турдулар  хордоҕой  хонуулар
              Тороххой  үүнүүлэр  өлгөмнүк  үтэннэр.

             Урукку  ирбэт  чэҥ  кырыстаах  дойдуку
              Бу  курдук  колхозпут  күөҕүнэн  симээтэ.
              Кырыстан  кылааты  орообут  колхэһу
              Калинин  геройдуу  орденнаан  симээтэ.

             Хороҕор  муостаахтар  хонууга  тарҕаанпар
             Колхозтаах  сыһыыны  ойуунан  саптылар;
             Сүүрдүлэр  табалар,  кылбаҥныыр  такымнар,
             Ыарҕаны  быыһынан  хоҥкунуур  хоболор.

             Урукку,  сахалыы  балаҕан  дьиэлэрбит
             Самнаһан  эрбэһин  быыһыгар  састылар.
             Билигин  кирбиигэ  кэрискэ  дьиэлэммит
             Бөһүөлэк  бэртэрэ  дьэндэһэн  турдулар.

             Урукку  иччитэх  иһирик  ойуурбут
             Билигин  •—•  уйгулаах-быйагонаах  киэҥ  буола,
             Урукку  кураайы  кугдаххай  хонуубут
             Билигин  бурдуга  муоралыы  долгуйда.


              Комбайн  массыына  быстараи  тибийэн,
              Колхозтаах  бааһынай  үөрүүтүн  үрдэттэ.
             Сиидэнэн  сиксийэн,  сиэмэни  кетүтэн
             Араҕас  туораҕы  арааран  түһэрдэ.

             Сүүһүнэн  трактор  бу  Лена  сыһыытын
             Эргийэн,  буор  кырсын  быа  курдук  элийдэ,
             Хараҥа  ойуурдаах  Хаҥалас  сис  тыатын
              Баараҕай  тииттэрин  барчалаан  охтордо.

             Трактор  ньиргийдэ:  үрэххэ,  алааска,
             Аммаҕа,  айгыстар  ача  күөх  сыһыыга,
              Ньурбаҕа,  унаарар-мэнээрэр  толооҥҥо,
              Киллэмҥэ,  кыраайа  көстүбэт  кытылга...

              Кыраайбыт  биһиэнэ  —  чэлгийбит  күөх  туона,
              Трактор  ньиргийэр  бурдуктаах  киэҥ  буола!
              Ол  иһин  эйиэхэ  эҕэрдэ  этобит,
              Ол  иһин  эйиэхэ  баһыыба  биэрэбит!
                                    79
   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90