Page 109 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 109

К ы лы с  диэн  тыл  киһи  өйүгэр  үөскэтэр-көбүтэр  сүрүн
       өйдөбүллэрэ манныктар:  1) тупуллар аналынан: өлөрөр-өһөрөр,
       к ө м ү с к эн эр;  2 )  матырыйаалынан:  ы ст аал,  т им ир,  уд ьу р ҕ а й ,
       т ирии;  3) хаачыстыбатынан:  сы т ы ы ,  л ы к к ы н а с (тыаһа),  к ы л -
       б а к н а с ,  к и л эб эч и гэс  (өҥө-дьүһүнэ);  4)  туохтааҕынан:  у һ у к -
       т а а х   (ө р гө ст ө ө х ),  биилээх,  кы р ы ы л а а х ,  кы л а а н н а а х ,  уөст ээх,
       ук т а а х ,  ой уул а а х ,  к ы ы н н аах,  бы алаах.  Сергей  Васильев  кы-
       лыска сыһыаннаах бу ааггаммыт өрүттэри барыларын кэриэ-
       тэ наардаан-аггаран, быһаарыылаан-даҕаамырдаан бэйиэмэ-
       тигэр киллэрбит.
            «Кылбаҥнаа эрэ, кылыһым!» бэйиэмэҕэ кы лы с түмэн этэр
       «тыыннаах»  уобарас  буолар.  Манна  кы лы с  ардыгар  саха  н о -
       р уо т а ,  ардыгар  са х а   са л л а а т а диэн өйдөбүлү солбуйар.
            Маҥнай  утаа  көрүүгэ  бэйэ-бэйэлэригэр  олох  маарын-
       наспат к ы л ы с уонна киһи диэн өйдөбүллэр чугасыһар өрүттэ-
       рэ,  сүнньүнэн,  манныктар:
           1. Кылыс туохтан оҥоһуллубутун ыйар тыллары (х -р :  ы с­
       т аал,  т и м и р)  киһи туох эмэ  ураты  хаачыстыбатын  (х -р :  к ы -
       т а а н а х   с а н а а л а а х ) ойуулаан  көрдөрөргө  үгүстүк туһаналлар.
       Сонун тылы атын тыл оннугар айымньылаахтык тутуннахха,
       тыл суолтатын (кылыс—киһи) табыгастаахтык көһөрдөххө, ол
       ааҕааччы  өйүгэр-санаатыгар,  сүрэҕэр-быарыгар  ордук  тии-
       йиэн-дьайыан сөп5.
           2.  С ы т ы ы диэн  быһаарар  тыл  билигин  кылыска да,  ки-
       һиэхэ да сыһыаннаан туттуллар.  С ы т ы ы — биилээх тэрил (кы­
       лыс,  быһах,  хотуур,  кыптыый  о.д.а.)  төрүкү  хаачыстыбатын
       бэлиэтиир  тыл.  Оттон  бу  тыл  киһ и  диэн  тылы  кытта  хойут
       ситимнэспит  (сы т ы ы   о ҕ о ), ол эбэтэр кэлин үөскээбит суолта
       буолар.
           3.  Саха  тылынан  уус-уран  айымньыларыттан  ойуулаан-
      дьүһүйэн этэр маннык уларыйбат олуктары: уол оҕо уһ ук т а а ҕ а ,
       кы ы с  оҕо  к ы л а а н н а а ҕ а  курдуктары  элбэҕи  булуохха  сөп.  Ол
       аата,  биилээх тэрил  сорох  хаачыстыбатын  киһиэхэ  көһөрөн
       туттуу үөрүйэҕэ олохсуйбута быдан ырааппыт эбит.
           Кыргыс үйэтигэр кы лы с,  бат ас,  бат ы й а,  у/гуу сэрии сэбэ-
       сэбиргэлэ  этэ.  Ол да иһин  маннык эргэрбит тыллары  сэрии
       кэминээҕи  саха  суруйааччьшара  айымньыларыгар  хото  тут-
      таллара.  Сергей  Васильев уустаан-ураннаан  этэр төрүт үгэс-
      тэрбитигэр олоҕуран, айымньытыгар кылыс уобараһынан сэ­
      рии кэминээҕи саха норуотун абатын-сататын, күүһүн-күдэ-
       ҕин,  кыайыыга дьулуурун барытын түмэн көрдөрбүт.

                                     107
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114