Page 135 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 135
эбитэ үһү, көҕүрээбэт көтөрдөөҕө эбитэ үһү, быстыбат
быйаҥнааҕа эбитэ үһү». Эбэтэр, Үөлэн Хардааччы бухатыыр
сирэ-дойдута: «...сөҥ сүөгэйинэн сөллүргэччи таммалыы ту-
рар сүүс салаалаах, араҥас илгэнэн аллан биэрэ сытар аҕыс
уон аҕыс силистээх, айгыр-силик аал-луук мастаах эбит.
Алыҥаҕар андыта саарбыт, толоонугар туруйата тохтообут, кыр-
далыгар кыталыга ыллаабыт, хомотугар кубата хойдубут, бо-
РУУтугар мородута мустубут, көлүйэтигэр көнчөҕө үөрдээбит
дойду эбит». Кырдьыга даҕаны, олоҥхоҕо этиллэрин курдук
«арай бу сиргэ бухатыыр олоруон сөп дойдута эбит» дэтэр гына
тыл-өс кырааскатын көмөтүнэн оҕоҕо итэҕэтиилээхтик бэрил-
лэр. «Маннык үтүө дойдуга хайдах дьон олоруон сөбүй?», «Бу
хатыыр төрөөбүт алааһыгар майгынныыр алааһы ханна
көрүөххэ сөбүй?», «Маннык кэрэ дойдуга оҕо суоҕа сөп дуо?»
диэн ис хоһоонноох ыйытыыларга оҕо бэйэтигэр, чугас дьонно-
ругар, төрөөбүт алааһыгар эргиллэн толкуйдаан, анааран барар.
Одоҥхоҕо омуннааһын (гипербола), тэҥнээһин, эпитет-
тэр курдук тылынан ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма араас
көрүҥнэрэ тутгуллар буолан, тылын-өһүн олус хомоҕой, уоба-
растарын, дьайыыларын күүстээх-күүркэтиилээх оҥорор.
Холобур, Эрчимэн Бэргэн бухатыыр ийэттэн түһэн улааппы-
тын туһунан автор олоҥхоҕо мэлдьи туттуллар эрээри, оҕо
салҕан биэрбэт кубулуйбат эпитетын киллэрэр. Ол курдук:
Ол оҕо арай,
Биир хоноот — биирдэнэн,
Икки хоноот — иккилэнэн,
Үс хоноот — үстэнэн,
Үөскүлэҥник үүммүт,
Омуннаахтык улааппыт.
Бу олоҥхоҕо эрэ баар чахчыны омуннаан, оҕо олонхо
фантазиятыгар уйдаран эбии бэйэтэ дьиҥ-чахчы өйүгэр
оҥорон (представление, воображение) көрөн кэлэр. Бу кур
дук омуннаахтык улааппыт бухатыыр киһи дьүһүнэ-бодото
хайдах эбитий?
Куртуйах нуоҕайын курдук
Куударалаах бэскилээх эбит,
Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук
Эрилкэй харахтардаах эбит,
Хара саһыл кутуругун
Харсыһыннара уурбут курдук
133

