Page 137 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 137

көһүлүүр дьарыктарын  тэрийэн  ыыталларыгар  айымньылаах
        айар үлэҕэ кынаттыыллар.

                         Туһаныллыбыт литература

            В аси льев  С.С.  Талыллыбыт  айымньылар.  —  Дьокуускай:
        Кинигэ изд-та,  1966.
            В аси льев  С.С.  Олоҥхолор.  — Дьокуускай:  Бичик,  2007.
            В аси льева  С.С.  Адам  туһунан  / /   Бэлэм  буол.  —  1982.  —
       Балаҕан ыйын 23 к.
           Я к у т с к а й   Н .  Ис  сүрэҕиттэн  кыһалларын  өйдөөбүтүм  / /
       Кыым.  —  1987.  —  Балаҕан ыйын  24 к.



                                                           В .Р .Г о го л ева
           С.С.ВАСИЛЬЕВ—БОРОҔООНУСКАЙ ОҔОЛОРГО
            АНАЛЛААХ ОЛОҤХОЛОРУН ТЭҤНЭЭН КӨРҮҮ

           Сергей Васильев олоҥхоһут уутуйан үөскээбит ураты кэрэ
       айылҕалаах  Уус-Алдан  сиригэр  төрөөбүтэ.  Кыра  эрдэҕиттэн
       төрөөбүт тыл илгэлээх эйгэтигэр иитиллэн, кини сылаас тыы-
       нын  иҥэринэн,  ийэ  олоҥхоһуттары  оллоонноон олорон  ис-
       тэн улааппыт буолан, айар тыл илбистээх имэҥэр абылаппыт
       эбит.  «Эрчимэн  Бэргэн»,  «Үөлэн Хардааччы»,  «Күн  Эрили»,
       «Айыы Дьураҕастай», «Мөҥүрүүр Бөҕө», «Батастаан Баатыр»,
       «Батыйалаан Баатыр», «Хаадыат Бэргэн» олоҥхолору оҕолорго
       анаан суруйуута да туоһулуур.
           Бороҕоонускай олоҥхону оҕолорго анаан суруйбут соҕо-
       тох  суруйааччы.  Ити  ааттаммыт  олоҥхолоруттан  «Батыйа­
       лаан  Баатыр» уонна «Хаадыат Бэргэн»  эрэ  бэчээттэнэ  илик-
       тэр.  Саҥа  үйэҕэ  үктэнэн  баран,  2003  с.  «Мөҥүрүүр  Бөҕө»
       олоҥхото,  2007  с.  «Саха  суруйааччылара  оҕолорго»  серияҕа
       4 олоҥхото күн сирин  көрдүлэр.
           С.С.Васильев  «Эрчимэн  Бэргэн»,  «Үөлэн  Хардааччы»,
       «Күн Эрили», «Айыы Дьураҕастай» олоҥхолорун тэҥнээн, бу
       айымньылар  тутуллара,  ис  хоһоонноро  туох  майгыннаһар
       уонна уратылаһар  өрүттээхтэрин  көрүөҕүҥ.  Суруйааччы  ай-
       быт олоҥхолоругар туох саҥаны киллэрбитий?
           Сергей  Васильев  олоҥхолорун  оҕолорго  анаан,  кинилэ-
       ри олоҥхо кэрэ эйгэтигэр тардар соруктаах суруйбут буолан,
                                     135
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142