Page 91 - Сергей Васильев-Борогонскай. Поэт уонна гражданин
P. 91
Литература
1 У т кин К .Д . Олоҥхо уоҕун уолугар уктан / / Чолбон. —
2007. - № 9. - С. 56-57.
2 К опы рин Н .З . Өлбөт өрөгөй. (С.С.Васильев—Борогон-
скай). — Дьокуускай, 2007. — 104 с.
А .Г .К ул и ч к и н а
С.ВАСИЛЬЕВ «СЭТТЭ ТУРУЙА» ПОЭМАТЫГАР
АЙЫЛҔА КӨСТҮҮЛЭРЭ
Уус-уран айар тыл бөдөҥ маастара, поэт С.С.Васильев
Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар райисполком председателинэн үлэ-
лии олорон, «Сэттэ туруйа» поэматын 1935 с. атырдьах ыйын
27 күнүгэр «Кыым» хаһыакка бэчээттэппитэ. Ити сыл поэма
«Мэҥэлэр хайа үрдүгэр» диэн хоһооннорун хомуурунньугар
киирбитэ.
Поэма кээмэйэ улахана суох, ол гынан баран ис хоһооно
диршг. Айымньы икки чаастан турар. Антитеза көмөтүнэн автор
икки хартыынаны утарыта тутан көрдөрөр: саха норуотун эргэ
батталлаах олоҕо уонна саҥа көҥүл олох. Айымньы бастакы
чааһыгар Тыыллыма Уйбаан, от-мас хагдарыйбытын кэннэ,
үрэх кытыытыгар торбостоох ынаҕар оттоон хачыгырайа сыл-
дьар. Кини сылайан дулҕаҕа олорон, үөр туруйа тымныыттан
күрэнэн соҕуруу ичигэс дойдуга көтөн эрэрин көрөр. Айылҕа
кэрэ кэмэ — күөх сайын бэлиэр бүтэ охсубугун саньшр:
Быраһаай, күөх сайын,
Көй куйаас,
Сибэкки
Симэҕэ.
Норуот уус-уран айымньытыгар күөх сайын көҥүл, дьол,
быйаҥ бэлиэтинэн киирэр. Поэмаҕа саха киһитэ күөх сайын
күрэммититтэн курутуйар. Айымньыга сибэкки симэҕэ ах-
тыллар. Сибэкки — үүнүү, чэлгийии бэлиэтэ. Туох баар үтүө-
кэрэ, үөрүү-көтүү сибэккигэ холонор. Оттон сибэкки хагда-
рыйыыта сүтүүнүү, кэхтиини кэрэһэлиир.
Итинник сыл аайы Тыьшлыма Уйбаанчык илгэлээх күөх
сайыны, үөһэнэн көтөн ааһар үөр туруйаны кытта олус ку-
рустук, санньыардык бырастыылаһара.
89

