Page 103 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 103
Ардыгар уордайбыт оҕонньордуу,
Ахсымыран, долгуһуйан түһэҥҥин —
Адаарданан, арвастанан кэлэҕин.
Кыһыл кумахха эһиэкэйдиир,
Кылыгырас кыракый долгуҥҥар
Кыргыттар ырыаларын истэбин.
Иһирдьэ дириҥник тиҥиргиир
Омуннаах долгунуҥ түгэҕэр
Оҕонньор ынчыгын өйдөөн кэлэбин.
Күүстээх мотуор сүүрүгү эрийэрэ,
Күүрээннээх ырыа салгыҥҥа дьиэрэйэрэ
Барыта Эн дохеун долгуҥҥар бигэнэр,
Баараҕай музыка буолан бу кэлэр.
Көһүнэн кээмэйдээн бардахха,
Күөх быраан кэтэҕэр тиийдэххэ: —
Кэпсээниҥ хоһооно симиктик иһиллэр,
Кэрэ ньууруҥ синньээн көмүс кыллыы иэҕиллэр...
Хаһан
Аатырар улуу Волгалыы
Тимир-чугуун кирилиэһинэн
Тигинии-ньирилии сүүрэҕин?
Күүстээх мотуор тарбаҕынан
Көмүс суһуоххун тараана5ын?
Эн
Кэрэ музыкаҥ тыаһынан
Киэҥ ийэ дойду уһуктуойа.
Көмүс долгунуҥ чаҕылынан
Күн сирин уордата сырдыа5а.
Эбэм улуу Ленам чаҕыла
Илин, арҕаа сандаарыаҕа.
Тимир мотуор сүрэҕэ
Тигннии тэбэ сытыаҕа.
89

