Page 104 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 104
Эн илин биэрэгиҥ тумулугар
Илэ бэйэбинэн бу тахсаммын,
Үрдүк хайаҥ үйэлээх очуоһугар
Үөрэ-көтө тураммын —
Ол ан инники сырдык чаҕылгын
Уруйдуу-айхаллыы туойабын!
Эйээрэр дохсун музыка!,ын
ЭГ)Зрдэлээн иэйэ-туойа ыллыыбын!
МИН СИБЭККИЛЭРИМ
Сайын сандааран
Сайылыгым толооно чэлгийэр,
Күөх сибэкки тахсан, алтан от анньан,
Көбүөр курдук симэнэр...
Ханналарый,
Үтүө сааспар мин үүннэрбит
Өлбөт-сүппэт сибэккилэрим,
Уһун үйэбэр тиспит
Уоттааҕынан чадылыйар отоннорум?
Өлбөт кырачаан сибэкки курдук
Өрүү тэтэрэн көстүө дуо,
Сүлбэм сүүрээниттэн өрөн оҥорбут,
Сөрүүн тыллаах сэһэним?
Хатан тыллаах хомус курдук
Хаҥкыныы-эйээрэ туруо дуо,
Ыраас хонуу устун
Ыллаан ааспыт хоһоонум?
Силээн-үрүйэ саҕатын симэстинэр,
Сибэккилии чэлгийэ тэтэрдинэр —
Туйахпыттан туура тэппит
Туорах курдук уолаттарым,
90

