Page 140 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 140

Үс  саха  өрүкүйэр  тылынан
                Үҥкүү  этан  аастарбыан.
                Солко  күөх  суугунас
                Суоттум  киэҥ  нэлэмэн  сыһыытыгар
                Биэс  үйэ  биһирээбит  дьаралыгынан
                Бнтии  битийэн  ылларбыан.
                Үөрүү  көмүс  чыычааҕын  кытары
                Үйэлэри  үрдүнэн  үлдьү  көтөн,
                Тахсар  күн  саһар^атын  кынатынан
                Таптал  нарын  кылын  таарыйа  турдарбыан.

                Ырыаһыт  бу  ыраас  ыратынан
                Ыччаты  тоһуйа  сылдьан,
                Эрэһэ  долгун  мөһүүрэ  күлүмүнэн
                Эҕэрдэлээн  мичилийэ  сыттарбыан,

                Сүлбэ-далай  сөрүүн  тыынынан
                Сүрэхтэри  сөрүүкэтэ  турдарбыан.—
                —  Орто  дойду  уутуттан  уймахтаабыппын
                Уруйдуох  этигит  үйэҕэ.
                Туолбат  тапталынан  умайбыппын
                Тутуох  этигит  сүрэххэ.
                1956  с.

                        УЛУУ  МОСКВДТТАН  ЭҔЭРДЭ
                   Дорообо,  Якутскай  эбэбит,
                   Дорообо,  хотун  Өлүөнэбит!
                   Дорооболоруҥ,  хаардаах  хайаларбыт,
                   Дорооболоруҥ,  киэҥ  хайаларбыт,
                   Дорооболоруҥ,  дьоннорбут-сэргэлэрбнт,
                   Доҕотторбут,  үөлээннээх  сэгэрдэрбит!
                   Биһиги,
                  Өбүгэттэн  өбүгэлэрбит
                  Үйэлээх  үрдүк  үөрүүлэрин
                                126
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145