Page 154 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 154

Харах  уута  буолан
                      Хатан  эрэриҥ  буолаарай?

                      Тобо
                      Хаарыан  куударам  барахсан
                      Хара  сылдьа  түспэккин?
                      Хастыы  дьукку  сууллан,
                      Харах  уута  буолан
                      Хаар  маҕан  буолтуҥ  буолаарай?
                      Буолуо  буоллар
                           буоллун!
                           Ууллуо  буоллар
                           Ууллун!..


                      Лһыылаах  хараҕым  уута
                      Амырыын  курус  тууһа —
                      Улуу  дойдум  кунуһугар
                      Уоҕурдуу  буолуо  буоллар,
                      Ийэ  дойдум  кырсыгар
                      Иҥэн  хаалыа  буоллар —
                      Аҥааттар  Ленам
                           аларыгар,
                      Тойон  Мүрүм
                           толоонугар,
                      Хотун  Төҥүлүм
                           хочотугар,
                      Кыыс  Хаҥам
                           кырдалыгар,
                      Уол  Табаҕам
                           уорҕатыгар,
                      Киэҥ  Ньурбам
                           киэлитигэр —
                      Охтон  даҕаны  онно  тиийиим,
                      Уула  ытаан  онно  бүтүүм!
                                 140
   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159