Page 165 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 165
Сайылык, толоон иһигэр
Саҥа-иҥэ эймэннэ,
Ыаллаах алаас үрдүгэр
Ырыа-тойук дьиэрэйдэ.
Күөххэ-кыахха үктэнэн,
Кеҥүл күҥҥэ көччүйэн,
Үлэ-хамнас быыһыгар
Үерэ-көтө сылдьаммын,
Ымыы чыычаах буоламмын
Ыллыы-туойа турабын...
I
Өрө түллэр сэриигэ
Үлэһит-бааһынай күүһүнэн
Баайы-тоту торутан,
Баттал сиһин тоһутан,
Коммунист Арамаан обургу
Хотон-кыайан кэлбитэ...
Кыргыһыылаах кырдалтан
Кыайан-хотон эргийбит
Хорсун-хоодуот партизан
Коммунист Арамаан обургу,
Совет суукка үлэлээн,
Сиэлэн-хааман барбыта.
Үлэһит-бааһынай дьүүлүнэн,
Үүнэр-үрдүүр көҕүнэн
Совет Арамаан обургу
Ситэр-хотор үлэтэ —
Большевик партия дьаһалын
Бастыҥ суолунан барбыта...
* *
«Арыылаах эбэ» үрэҕин
Арамаан совет кэрийэн,
151

