Page 167 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 167

Арамаан  совет  барахсан
                   «Арыылаах  эбэ»  ыалларын
                   Ити  курдук  субэлээн,
                   Иилээн-саҕалаан  испитэ...
                   «Арыылаах  эбэ»  ыаллара —
                   Атах-бытах  дьонноро
                   Аныгы  суолга  кэлэннэр,
                   Артыал  диэҥҥэ  киирэннэр.
                   Бары  бииргэ  үлэлээн,
                   Бастыҥ  дьолу  саҕалаан
                   Күүһүрэн-уобуран  испиттэр,
                   Көнөн-байан  барбыттар...
                               II

                   Аныгы  олох  айхала —
                   Арамаан  совет  артыала
                   Арабас-ньүөгү  алаастан
                   Арыы  балаһа  анатан
                   Ылан  олорор  сирдэрин,
                   Ырҕа-дьаалы  киэптэрин,
                   Күөрэгэй  чыычаах  буоламмын,
                   Көтө-күөрэйэ  сылдьаммын
                   Көрө-билэ  турабын,
                   Корон  туран  туойабын...

                   Бөдөҥ  лоһуор  мастардаах,
                   Белкой  ойуур  тулалаах,
                   «Арыылаах  эбэ»  үрэҕэр,
                   Алар  хонуу  кэтэҕэр,
                   Остуол  ньуура  хонууга
                   Олох  ылан  уурунан,
                   Аллара  кыһыл  кумахтан
                   Акылаат  киирэн  анньынан
                   Үрдүк  үтүө  мындаалаах
                            153
   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171   172